НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 34 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

✊СВО бэтэрээнэ кыбартыыралары өрөмүөннүүр буолла Андрей Колобов — анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, Георгиевскай кириэс IV-с истиэпэннээх уордьанынан уонна СВО кыттыылааҕа мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Күн бүгүн кини дьиэ уонна кыбартыыра өрөмүөнүнэн дьарыктанар. Андрей аҕатын суолунан 1996 сылга көмүс хостуур салааҕа үлэлээн саҕалаабыт. 15 сылтан тахса бульдозеристынан үлэлээбит, гусеничнай тиэхиньикэни баһылаабыт, ону тэҥэ В уонна С категорияларга суоппар быраабын ылбыт. Бу ылбыт үөрүйэхтэрэ инники кирбиигэ туһалаабыт. 2022 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр Андрей мобилизацияҕа түбэһэн СВО-ҕа ыҥырыллар. Кинини мотострелковай батальон штурмовой ротатыгар ыыталлар. Түөрт сыллаах сулууспата уустук тургутуу быһыытынан ааспыт. Ол эрээри Андрей хорсун санаалаахтык, үтүө суобастаахтык ытык иэһин толорбут. 2026 сылга доруобуйатынан сыыйыллыбыта. Эйэлээх олоххо төннүүгэ социальнай өйөбүл систиэмэтэ төһүү буолбута. Андрей «Защитники Отечества» пуонда филиалын координатордарыгар тахсан, бэйэ дьыалатын тэрийэргэ быһаарыммыта. Кини кыбартыыралары өрөмүөннүүр бырайыагын көмүскээн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин өйөбүлүн ылбыта. Андрей иллэҥ кэмин дьиэ кэргэнин кытта атаарар уонна үгүс бириэмэтин айылҕаҕа аныыр. Ийэтигэр уустук кэмҥэ күүс-көмө буолбутугар махтанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080020 Oct 01:2910 Nov 22:0672320 Oct 01:29: 0 views10 Nov 22:06: 723 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
20 Oct 2026, 01:290
10 Nov 2026, 22:06723

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.