НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 33 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Саха сирин хаһаайыстыбалара кыһыҥҥы аһылыгынан толору хааччыллыбыттар Өрөспүүбүлүкэ сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалара кыһыҥҥы кэмҥэ аһылыгынан толору хааччылыннылар: кэлэр кыстыкка от уопсай кээмэйэ 415 тыһыынча туоннаҕа тэҥнэстэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаевка от бэлэмнээһинин уонна хомуур хампаанньатын түмүктэринэн ыытыллыбыт сүбэ мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников иһитиннэрдэ. «Быйыл, уустуктар баалларын да үрдүнэн, 403,7 тыһыынча туонна от былаана 98% туолла: ходуһа сирин 344,1 тыһыынча гектары охсон, 396,2 тыһыынча туонна оту чөкөттүбүт, ол иһигэр ыраах учаастактарга мобильнай биригээдэлэр 21,6 тыһыынча туоннаны бэлэмнээтилэр. Ааспыт сылтан хаалбыт 18,8 тыһыынча туонна оту учуоттаан, кэлэр кыстыкка от уопсай кээмэйэ 415 тыһыынча туоннаҕа тэҥнэһиэҕэ, бу былаантан 101% буолар», — диэн СӨ вице-премьерэ чопчулаата. Хаартыска: Андрей Сорокин / СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075019 Oct 12:1510 Nov 22:0678919 Oct 12:15: 0 views10 Nov 22:06: 789 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
19 Oct 2026, 12:150
10 Nov 2026, 22:06789

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.