Сергей Черных: «СибОйл» хампаанньаҕа уматык сыаната үрдээбэт! «СибОйл» хампаанньаҕа уматык сыаната сарсыҥҥыттан үрдүөҕэ диэн иһитиннэрии — 100% фейк уонна соруйан тарҕатыллыбыт сымыйа сурах. Бу чугастааҕы кэмҥэ сыана үрдэтиитэ былааҥҥа суох. Хампаанньа туруктаахтык үлэлиир, саппаас баар, прайс-лиис уларыйбат. Сурахтарга итэҕэйимэҥ, официальнай эрэ ханааллары кэтээн көрүҥ», — диэн «СибОйл» уматык хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Сергей Черных эттэ. Хаартыска: Андрей Меженскай/«Якутия 24» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube