Горнайга Росгвардия филиала арылынна Алтынньы 1 күнүгэр, Горнай улууһугар уопсастыбаннай бэрээдэги уонна кутталы суох буолуутун хааччыйыыга улахан суолталаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Саха сиринээҕи Росгвардия вневедомственнай охранатын салалтатын саҥа филиала үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Улууска маннык сулууспа аһыллыыта — олохтоох дьон холкутук олороругар, судаарыстыба уонна чааһынай бас билии эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа улахан тирэх буолар. Маныаха үлэһиттэр сулууспаларын таһымын үрдэтэр, сокуону кэһиини суһаллык бопсор бары усулуобуйа тэриллибит. Билигин саҥа тэриллибит филиалга каадырдары талыы уонна күүһүрдүү үлэтэ күүскэ баран эрэр. Сулууспаҕа киирэр эдэр үлэһиттэргэ манна араас өттүнэн кэскиллээх усулуобуйа, судаарыстыба өттүттэн социальнай мэктиэлэр уонна толору хааччыллыы көрүллэр. Вневедомственнай охрана Горнайдааҕы филиала үлэтин саҕалааһына — улуус олохтоохторун куттал суох буолуутун саҥа таһымҥа таһаарарга уонна уопсастыбаннай эрэллээх буолууну хааччыйыыга улахан хардыы буолла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 25 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 6 Oct 2026, 08:51 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 681 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.