МТС Дьокуускайга 5G холбоото СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Петр Николаев 5G бэһис көлүөнэ ситимин киин куоракка холбоммутун туһунан иһитиннэрдэ. 5G ситим Дьокуускай куорат хас да оройуонугар номнуо баар: аэропорт аттыгар, 172-с кыбаартал саҥа олорор комплекстарыгар, СО РАН Ирбэт тоҥ институтугар, Сэргэлээх суолун оройуонугар, ону тэҥэ Автодорожнай, Гагаринскай, Сайсары уонна да атын уокуруктарга оҥорон таһаарар былаһааккаларга. Хаартыска: СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ https://nvk-online.ru/mts-dokuuskajga-5g-holbooto/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube