НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 9 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🌧🧊Сэрэниҥ - Дьокуускайга халтараан! Бүгүн куораппытыгар хаардаах, муустаах суоллар, тротуардар. Маннык күннэргэ бэйэбитин хайдах харыстанабыт? Суоппардар сайыҥҥыы шиналарын кыһыҥҥыга уларыталлара туһааннаах. Оттон сатыы сылдьааччылар хайдах харыстанабыт? Сөптөөх атах таҥаһа - куттал суох буолуутун төрдө. Рельефтээх, халтарыйбат уллуҥнаах бачыыҥкалары талыҥ. Хобулуктартан, ньалҕаархай эрэһиинэттэн аккаастанар ордук. Өскөтүн оннук суох буоллаҕына, көннөрү атах таҥаһын анныгар быстах кэмҥэ пластырь сыһыарыахха эбэтэр анал накладкалары (ледоступалары) туһаныахха сөп. Аргаайдык, ыксаабакка хаамабыт. Мууска пингвин курдук хаамыҥ, тобуккутун кыратык токурутан, кыра-кыра хардыынан, атаххытын сиртэн араарбакка. Илиигин босхо тутун. Икки илиигин сиэпкэр уктан баран хаамыма, халтархай кэмҥэ илиигэр ыарахан суумкалары, пакеттары тутума. Киһи илиилэрэ босхо сырыттахтарына охтор түгэҥҥэ хомулларга ордук. Атаҕын аннын көрүнэн хаам уонна маршруткун эрдэттэн былааннаа. Күлүктээх сирдэргэ, тохтобулларга уонна быһа охсуһууларга болҕомтоҕутун ууруҥ, онно муус түргэнник үөскүүр уонна уһуннук сытар. Хараҥа кэмҥэ таһырдьа сылдьартан туттуна сатаа. Оҕуннаххына ыарыыта күүстээх буоллаҕына суһал көмөҕө эрийэр, биллэрэр, тиийэр ордук. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007505 Oct 07:5210 Nov 22:067905 Oct 07:52: 0 views10 Nov 22:06: 790 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
5 Oct 2026, 07:520
10 Nov 2026, 22:06790

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.