НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 31 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Саха сирин психологтара балаҕан ыйыгар СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 900-тэн тахса консультацияны ыыттылар 2026 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин исписэлиистэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 900-тэн тахса биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн дьарыгы ыыттылар. Психологическай көмөнү өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Ростов-на-Дону госпиталыгар 800 кэриҥэ киһи ылла. Бу туһунан брифиҥҥэ киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. «Киин бэйэтин уонна үгүс улуустардааҕы салааларыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аналлаах бөлөҕүнэн дьарыктар ыытыллаллар. Бу көрсүһүүлэр харыстабыллаах уонна өйүүр эйгэни тэрийиигэ туһаайыллаллар. Манна кыттыылаахтар бэйэлэрин тус уопуттарын көҥүл үллэстэр, идэтийбит психологическай көмөнү ылар, бэйэ-бэйэни өйөһөр сатабыллары сайыннарар уонна биир санаалаахтар истэригэр ис туругу бөҕөргөтөр кыахтаналлар», – диэн Владимир Скрябин кэпсээтэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K2 Oct 11:2710 Nov 22:068332 Oct 11:27: 0 views10 Nov 22:06: 833 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
2 Oct 2026, 11:270
10 Nov 2026, 22:06833

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.