Саха сиригэр 392 тыһ тахса туонна от бэлэмнэннэ уонна 61 тыһ тахса туонна хортуоппуй хомулунна Өрөспүүбүлүкэҕэ оту бэлэмнээһин хампаанньа түмүктэнэн эрэр, оттон хомуур үлэтэ салҕанар. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин алтынньы 1 күнүнээҕи суһал дааннайынан, барыта 342 164 га ходуһа сирэ охсулунна, 392 418 туонна от бэлэмнэннэ — былаантан 93%, 27 795 туонна сиилэс — былаантан 93% уонна 10 037 туонна сенаж — былаантан 68%. От бэлэмнээһинин былаанын Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Нам, Чурапчы, Ньурба, Мииринэй, Аллараа Халыма, Уус Маайа улуустара, ону тэҥэ «Жатай» куораттааҕы уокурук толордулар. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Мария Архипова/«Якутия 24» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube