Ил Дархан Белоруссия бастыҥ массыына оҥорор тэрилтэлэрин кытта билистэ «ИнноПром» быыстапкаҕа Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Белоруссия бастыҥ массыына оҥорор тэрилтэлэрин стендэлэрин көрдө. Ол иһигэр «Амкодор». Бу оҥорон таһаарааччы суол уонна коммунальнай тиэхиньикэтэ Саха сиригэр үлэлии сылдьар уонна кытаанах климат усулуобуйатыгар бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга белаз стендэтин аттыгар туспа тохтоото. Саха сирэ тэрилтэни кытта элбэх сыл бииргэ үлэлиир. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ тыһыынча кэриҥэ белорусскай техника сүүрэр. Быыстапкаҕа саҥа быһаарыылары туруорбуттар, ол иһигэр сир аннынааҕы үлэлэргэ пилота суох карьернай массыыналары уонна технологиялары эмиэ билиһиннэрдилэр. Кинилэр Саха сиригэр туттуллуулара кыаллар кыахтаах эрээри, дьиҥнээх усулуобуйаҕа боруобаны ирдиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube