Сунтаар улууһугар сүппүт булчут өлүгүн буллулар Алтынньы 1 күнүгэр 8.00 чааска биир кэлим дьуһуурустубаннай сулууспаҕа Сунтаар улууһун Илимниир сэлиэнньэтигэр 1965 сыллаах төрүөх эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Барыллаан иһитиннэриинэн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр эр киһи икки аймаҕын кытта сэлиэнньэттэн 9 килэмиэтирдээх Саҥа Күөл алааска бултуу барбыт. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр кинилэр вездеходунан алаастан 11 килэмиэтири айаннаабыттар. Онно эр киһи быһаҕын сүппүтүн көрөн көрдүү барбыт уонна сибээскэ салгыы тахсыбатах. Сүппүт киһи үрдүк давлениелааҕа биллэр. Сүппүт киһини олохтоохтор көрдөөбүттэр, туох да түмүгэ суох. Эр киһини алтынньы 1 күнүгэр көрдөөн саҕалаабыттар. 09.30 чааска Сунтаар сэлиэнньэтиттэн Сунтаардааҕы көрдүүр-быыһыыр бөлөх быыһааччыта Владимир Архипов кэлбит. Кини этэринэн, быыһааччылар сатыы, вездеходунан сылдьан ойууру көрбүттэр. 18.00 чааска эр киһи өлүгүн сатыы көрдүүр бөлөх доброволеһа булбут. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 44 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 2 Oct 2026, 03:09 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 734 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.