НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 44 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Бүгүн IV Николаевскай форум иккис күнэ ыытыллар Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр IV Николаевскай форум «Норуоттар сомоҕолоһуулара — Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын стратегията» саҕаламмыта. Бу форум аан бастаан регионнар икки ардыларынааҕы таһымнаах ыытыллар. Кыттыылаахтары СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эҕэрдэлээтэ. Форум үлэтэ алтынньы 2 күнүгэр диэри салҕаныаҕа. Форум СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев идиэйэлэрин харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга ананар уонна кини төрөөбүт дойдутугар — «Николаев-Киин» библиотека-архив баазатыгар ыытыллар. Тэрээһин дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Россия норуоттарын сомоҕолоһууларын сылыгар ананна. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Саргын Скрябин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K1 Oct 08:3410 Nov 22:068761 Oct 08:34: 0 views10 Nov 22:06: 876 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
1 Oct 2026, 08:340
10 Nov 2026, 22:06876

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.