Саха сиригэр социальнай гаастааһын бырагырааматынан гааска 12 тыһ-с дьиэ холбонно Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин МАКС-ханаалыгар иһитиннэрдэ. Бэлиэ дьиэ Дьокуускай куорат Мархатыгар баар. «Гаастааһын географията кэҥиир. Гаас Лиэнскэй, Нүөрүҥгүрү уонна Өлүөхүмэ улуустарын саҥа нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиийэр, салгыы Алдан улууһугар тиийиэҕэ. «Газпром» ПАУо уонна «Сахатранснефтегаз» АУо кэлэктииптэрин улахан үлэлэрин бэлиэтиэм этэ. Саха сирин уустук усулуобуйатыгар кинилэр саҥа ситимнэри туталлар уонна дьиэлэри холбууллар. Бу үлэни салгыы тиһиктээхтик ыытыахпыт, оччоҕо ситимнээх гаас өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үксүлэригэр баар буолан иһиэҕэ», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Социальнай гаастааһын бырагыраамата РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан олоххо киирэр. Ылыллыбыт быһаарынан, гаас ситимнэрин олохтоохтор сирдэрин учаастактарыгар диэри босхо тардаллар. Бырагыраама үлэлиэҕиттэн гаастааһыҥҥа 13,5 тыһыынчаттан тахса дьиэҕэ техническэй кыах тэриллибит, олортон 12 тыһыынчата ситимнээх гааска номнуо холбонно. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 44 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 1 Oct 2026, 06:03 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 679 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.