НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

💠💠💠Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн! Бүгүн Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнэ бэлиэтэнэр. 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Михаил Николаев салайааччылаах ХХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин Декларациятын ылыммыта. Дьоһун докумуон Саха Сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһын олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута. Үгэс быһыытынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Күндү Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ! Уйгулаах олоҕу, төрөөбүт дойдубут сайдарын туһугар таһаарыылаах үлэни, ситиһиилээх үөрэҕи! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075027 Sep 00:4110 Nov 22:0678427 Sep 00:41: 0 views10 Nov 22:06: 784 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
27 Sep 2026, 00:410
10 Nov 2026, 22:06784

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.