🌊Паромҥа сайыҥҥы тарыыптар хаһан тохтууллар? Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта алтынньы бүтүөр диэри үлэлиэҕэ. Бу туһунан СӨ тырааныспар министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан сайыҥҥы тарыып алтынньы ортотугар диэри үлэлиирэ былааннанар. Гидрологическай балаһыанньа уустугурдаҕына сайыҥҥы тарыып оннугар дьыл кэминээҕи (межсезонный) тарыыбы киллэриэхтэрэ диэн «Паромы Якутии» тэрилтэ иһитиннэрэр. Сэтинньиттэн Жатай-Төхтүр хайысханан таһаҕаһы тиэйии «ЛОРП» мууһу алдьатар ледоколлаах оҥоһуллар буолуоҕа. Манна тарыып сыаната уларыйар. Биэдимэстибэ иһитиннэрбиттэринэн, быйылгы сыллааҕы навигация үлэтэ түмүктэммитин кэнниттэн тарыып сыаната судаарыстыба өттүттэн хонтуруолламмат — сыананы илдьэр-аҕалар дьон олохтууллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube