🪖Үөһээ Бүлүүгэ байыаннай экспонаттар кэллилэр Үөһээ Бүлүүгэ анал байыаннай дьайыы байыастарыгар, Ийэ дойдуну көмүскээччилэргэ анаан оҥоһуллар Мемориальнай болуоссат экспозициятыгар байыаннай тиэхиньикэ кэллэ. СВО-ҕа Ийэ дойдуну көмүскүү сылдьан олохторун толук уурбут буойун уолаттар Албан ааттарын үйэтитэргэ, дойду харысхалыгар турбут саллааттары чиэстииргэ, ону тэҥэ үүнэр көлүөнэни военно-патриотическай иитиигэ анаммыт Мемориальнай болуоссаты тутарга билигин бырайыактааһын үлэтэ бара турар. Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата РФ Оборона Министиэристибэтин кытта ыкса үлэлэһэн муниципальнай бас билиигэ босхо байыаннай тиэхиньикэлэр бэриллибиттэрэ: – «БРМ-1» бойобуой разведка массыыната (Комсомольск-на-Амуре сэрии чааһын сириттэн кэллэ); – «Т-55А» танк (Комсомольск-на-Амуре куораттааҕы сэрии чааһын сириттэн кэллэ); – 122-мм «Д-30» гаубица (Забайкальскай кыраай Лесной Городок бөһүөлэгэр баар сэрии чааһыттан кэллэ). Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 23 Sep 2026, 05:35 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 747 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.