НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

🥒🍅🥕Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн ​Улууспут үбүлүөйдээх тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн ас-үөл дьаарбаҥката олус тэрээһиннээхтик ааста. Өлгөм астаах сайын быйаҥыттан сомсубуттарын сатабыллаах хаһаайкалар кэнсиэрбэлэрин, барыанньалаан атыыга аҕалан тардан кэбиспиттэр. Үрүҥ аһы үрүлүтээччи хаһаайыстыбалар киэҥ ассортименнаах бородууксуйаларын нэһилиэнньэ хамаҕатык ылла. Агрооскуолалар да хаалсыбатылар. Олордубут оҕуруоттарын аһын, бэйэбит отторбутуттан хомуйан, хатаран чэй оҥорбуттарын, барыанньа арааһын, заготовка атыылаан барыс киллэриннилэр. Нэһилиэктэртэн эт, сир аһыттан барыанньалар, үрүҥ ас бородуукталара, кыһыҥҥы хаһааска хансыарба арааһа киллэрэн үөрэ-көтө атыылаатылар. Атыы-кутуу быыһыгар араас фотозоналары оҥорууга эмиэ күрэх буолан дьон сөбүлээбит фотозоналарыгар хаартыскаҕа хатаннылар. Түмүктээн эттэххэ, бу дьаарбаҥкаҕа 7 үрүҥ ас оҥорон таһаарааччылар, 2 мүөт уонна чай оҥорор хаһаайыстыбалар, 5 хаһаайыстыба эт атыылаата. Барыта 9 нэһилиэк, 4 оскуола көхтөөхтүк кытынна. Күрэх хамыыһыйата кыайыылаахтары быһааран саамай күүскэ үлэлээбит, бэлэмнэммит хамаандалар кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Ол курдук кыайыылаахтарынан буоллулар: «Бастыҥ агрооскуола» – Куокуну орто оскуолата. «Бастыҥ нэһилиэк» – Күндэйэ нэһилиэгэ. Фотозона күрэҕэр: 1 миэстэ – Куокуну агрооскуолата. 2 миэстэ — Элгээйи нэһилиэгэ. 3 миэстэ – Сунтаар 2-с нүөмэрдээх орто оскуолата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K22 Sep 07:3710 Nov 22:0684622 Sep 07:37: 0 views10 Nov 22:06: 846 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
22 Sep 2026, 07:370
10 Nov 2026, 22:06846

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.