❗Дьокуускайга Олоҥхо марафона ыытылларынан киин суоллары сабыахтара Дьокуускайга субуотаҕа, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, баҕалаах дьон төрүт таҥаһы кэтэн сүүрүөхтэрэ. Биир ураты күрэхтэһии быйыл иккис төгүлүн ыытыллыаҕа. Манан сиэттэрэн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр 07.00 чаастан 17.00 чааска диэри сорох учаастактарга тырааныспар сырыыта хааччахтанар. Хааччахтар киириэхтэрэ: Ленин пр. — 39 №-дээх дьиэттэн Хабаров уул. диэри; Дзержинскай уул — Орджоникидзе уулуссатыттан Ленин проспегар диэри; Октябрьскай уул — Орджоникидзе уулуссатыттан Ярославскай уул диэри; Киров уул. — Орджоникидзе уулуссатыттан до Аржакова; Короленко уул. — Орджоникидзе уулуссатыттан Ленин проспегар диэри; Аммосов уул. — Орджоникидзе уулуссатыттан Ярославскай уул диэри; Курашов уул. — Орджоникидзе уулуссатыттан Ярославскай уул диэри. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube