Ил Дархан Быһа биэриитигэр боппуруостары хомуйан саҕалаатылар Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 18:00 чаастан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһа биэриитэ ыытыллар. Манна СӨ баһылыга өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥа соруктары сырдатыаҕа уонна олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Эпиир НВК «Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ уонна Ил Дархан социальнай ситимнэригэр көстүөҕэ. Ыйытыыларгытын 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ уонна Телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботка ыытыаххытын сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube