🌤️Бүгүн киин куоракка 5 кыраадыска диэри сылыйыаҕа Бэнидиэнньиккэ, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Дьокуускайга 5 кыраадыска тиийэ сылыйара күүтүллэр. Бу туһунан күнү-дьылы кэтээн көрөр ыстаансыйа иһитиннэрэр. «Түүнүн, сарсыарда кыралаан инчэҕэй хаар түһүөҕэ, хотугулуу-арҕаа тыал сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ. Түүн -1-3°С, күнүс +3+5°С», — диэн сабаҕалааһыҥҥа этиллэр. Хаартыска: Наталья Борисова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube