📨Олохтоох бириэмэнэн 20:00 чааска өрөспүүбүлүкэ алта хотугулуу-илиҥҥи оройуоннарыгар - Абый, Аллайыаха, Үөһээ Бүлүү, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма быыбардыыр учаастактара сабыллан быыбардааччылар куоластарын ааҕыы саҕаланна. Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэттэрэ куолаһы ааҕыы үлэтигэр киирдилэр. Быыбардыыр учаастактарга хандьыдааттары, политическай баартыйаларынан уонна өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палататынан анаммыт кэтээн көрөөччүлэр бааллар. Быыбар сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн быыбардааччылар куоластарын ааҕыы куоластааһын кэмэ бүппүтүн кэннэ тута саҕаланар уонна куоластааһын түмүгэ олохтонуор диэри тохтобула суох ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар куоластааһын салҕанар. Хаартыскаҕа: Олохтоох бириэмэ 20:00 чаас кэнниттэн Абый ТИК РФ Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатын дьокутааттарын быыбарыгар куоластааһыны ааҕыы nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 20 Sep 2026, 10:05 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 1.1K |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.