Саха сиригэр үс часовой пояс баар. Онон биир бастакынан куоластааһыҥҥа Абый, Муома уонна Аллараа Халыма оройуоннарын олохтоохторо киирдилэр. Оройуон киинигэр - Черскэй бөһүөлэгэр быыбардыыр учаастак ыччат киинин дьиэтигэр турар. Бастакынан куолаһын оройуон баһылыга Ярослав Бандеров биэрдэ. Манна быыбардааччылар испииһэктэригэр барыта 2 999 киһи баар. Судаарыстыбаннай Дуума депутаттарын таһынан олохтоохтор оройуоннааҕы депутаттар Сэбиэттэрин саҥа састаабын талаллар. Походскайга нэһилиэк Сэбиэтин састаабын саҥардыахтара, оттон Андрюшкиноҕа депутаттар нэһилиэк саҥа баһылыгын талыахтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 42 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 18 Sep 2026, 06:23 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 626 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.