📨Айсен Николаев быыбарга куоластаата Саха сирин Ил Дархан Айсен Николаев кэргэнэ Людмила Валерьевнаны кытта Судаарыстыбаннай Дуума быыбарыгар куоластаата «Бу күннэргэ биһиги дойду сайдыытыгар эппиэттиир баартыйаны уонна дойду парламеныгар Саха сирин интэриэһин көмүскүүр хандьыдааты талабыт. Биһиги куоласпыт кэлэр биэс сылга дойду уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар ханнык быһаарыылар ылыллаллара тутулуктаах. Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быыбарга кыттыы – биһиги Россия Кыайыытыгар уопсай кылааппыт диэн бэлиэтиир. Биһиги дойдубут күүһэ – норуоттар сомоҕолоһууларыгар. Быыбарга бары көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын!». nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube