📨Дьокуускай мээрэ Дмитрий Садовников быыбарга куоластаата Киин куорат баһылыга Дмитрий Садовников үлэ күнэ саҕаланыан иннинэ быыбарга кэлэн кытынна. Дмитрий Дмитриевич Дьокуускайга 122 быыбардыыр учаастак уонна икки быстах кэмнээх учаастак тэриллибитин бэлиэтээтэ. Бэйэҕит быыбардыыр учаастаккыт аадырыһын уонна нүөмэрин Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталыгар уонна Дьокуускайдааҕы ТИК саайтыгар билиэххитин сөп. «Быыбарга кыттыҥ! Бу хас биирдиибитигэр быһаарыылаах түгэн. Биһиги куолас дойду инникитин түстүүр», — диэн Дьокуускай баһылыга МАКС ханаалга суруйда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube