📚Ил Дархан Мииринэй үөрэҕин үлэһиттэрин мунньахтарыгар кытынна Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Мииринэй оройуонун үөрэҕин үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы мунньахтарыгар кыттыыны ылла. Мииринэйгэ уопсай, орто уонна үрдүк үөрэхтэр кэккэ ситимнээхтэр. 10-11 кылаастарга профильнай үөрэх көрүллэр. АЛРОСА уонна «Роснефть» корпоративнай кылаастара үлэлииллэр. ХИФУ Мииринэйдээҕи политехническай институтугар уонна регионнааҕы техническэй колледжыгар оройуоҥҥа диэн исписэлиистэри бэлэмнииллэр. Манан сиэттэрэн, «оскуола – колледж – үөрэх кыһата – тэрилтэ» диэн схема олохтонор. Оскуолалар үрдүк таһымнаахтарын выпускниктар көрдөрүүлэрэ бэлиэтиир: быйыл Мииринэй оскуолатыттан икки оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарбыта. Үөрэх хаачыстыбата учууталлартан олус тутулуктаах. Оройуоҥҥа методическай тэриллиилэр, кафедралар, муниципальнай инновационнай былаһааккалар, кураторство институттара систиэмэлээхтик үлэлииллэр, оскуолалар бииргэ үлэлэһэллэрин сайыннараллар. Маннык үлэ үөрэх таһымын уонна үөрэнээччилэр көрдөрүүлэрин үрдэтэр. Улахан куораттар, кыра нэһилиэнньэлээх пууннар үрдүк хаачыстыбалаах үөрэҕин хааччыллалларын туһугар Мииринэй бастыҥ уопутун бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатыахха наада. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 25 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 16 Sep 2026, 03:34 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 707 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.