🚩Сунтаар сиригэр бэтэрээннэр Кыһыл Знамялара! Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин Сэбиэтэ тэриллибитэ 40 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан суолталаах эстафета буола турар. Бу ураты тэрээһин алгыстаах Кыһыл Знамята улуустары, нэһилиэктэри кэрийэр чиэскэ тиксэр уонна бэтэрээннэр үтүө үгэстэрин, хорсун быһыыларын, көлүөнэлэр ситимнэрин кэрэһилиир. Бүгүн ураты устуоруйалаах бэлиэ Ньурбаттан Сунтаар улууһугар туттарылынна. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Афанасий Васильев Кыһыл Знамяны улуус биир бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэгэр Түбэй-Дьаархаҥҥа утаарда. Баһылык Семен Петров бэлиэни тутан туран, бу тэрээһин нэһилиэк олохтоохторугар, ордук эдэр көлүөнэҕэ, патриотическай иитиллиигэ уонна бэтэрээннэргэ ытыктабылы күүһүрдүүгэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Ытык бэлиэ Сунтаар улууһун бары нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан, бэтэрээннэри кытта көрсүһүүлэр, ахтыы киэһэлэрэ уонна үүнэр көлүөнэни иитиигэ туһуламмыт араас өрүттээх тэрээһиннэр буолуохтара. Кыһыл Знамя Сунтаар сиригэр алтынньы 1 күнүгэр диэри сылдьыаҕа. Эстафета салҕанар, бэтэрээннэрбит үтүө ааттара уонна өҥөлөрө үйэлэргэ ааттанар! Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 57 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 12 Sep 2026, 07:15 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 933 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.