НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 58 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Сахабыт сирэ норуот талба талааннаах маастардарынан, төрүт үгэстэринэн аар-саарга аатырар. Манна былыргы дьарыктар умнуллан хаалбакка, сайдан иһэллэр уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэллэр. 🔹 Бүлүүгэ саха быһаҕын оҥорор уустары кытта көрүстүм. Кинилэр социальнай хантараак көмөтүнэн судаарыстыбаттан өйөбүл ылан, бэйэ дьыалаларын сайыннараллар, оҥорон таһаарыыны тупсараллар уонна төрүт үгэстэри чөл хааллараллар. 🔹 Уус-Алдан улууһун Бэрт-Ууһа нэһилиэгэр тимир уустарын кытта сэһэргэстим. Тимир ууһун дьыалатын салгыы хайдах сайыннарыы туһунан, ону сэргэ билигин маастардарга ордук наадалаах өйөбүл миэрэлэрин ырытыстыбыт. Бу курдук илиинэн айар-тутар, барҕа баай култуурабытын харыстыыр дьоммутугар сайдар суол арыллара — сүҥкэн суолталаах. Саха омук үтүө үгэстэрэ үйэлэри уҥуордаан салҕанан бара туралларын туһугар норуот маастардарын, урбаанньыттары мэлдьи өйүөхпүт. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

020040060080012 Sep 05:0210 Nov 22:0669512 Sep 05:02: 0 views10 Nov 22:06: 695 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
12 Sep 2026, 05:020
10 Nov 2026, 22:06695

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.