НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 57 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

🥛 Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларын өйөөһүн, тиэхиньикэни саҥардыы уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Тумул» СХПК «Эбэ түгэҕэ» сайылыкка оҥорон таһаарыы кээмэйин салгыы улаатыннарыы боппуруостарын дьүүллэстибит. «Тумул» туруктаахтык уонна ситиһиилээхтик сайдар хаһаайыстыба буолар. Манна 456 төбө ынах сүөһү, ол иһигэр 178 ыанар ынах баар, бурдук, аһылык култууратын үүннэрэллэр, племенной үлэни ыыталлар уонна быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэрэллэр. Бүгүн кээпэрэтиипкэ 60-ча киһи үлэлиир, олор истэригэр 3 Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 20-тэн тахса Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна. Үлэһиттэргэ үчүгэй усулуобуйа тэриллэр, сайылыкка саҥа дьиэлэр тутуллубуттар, туспа олорор кыбаартал оҥоһуллубут. Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн биир дьоһун хайысханан хаалыахтаах. Тутуу үлэтин салгыы ыытыы, дьоҥҥо төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэригэр таһаарыылаахтык үлэлииргэ, олорорго кыаҕы биэрии ирдэнэр. Чопчу кинилэртэн Саха сирин аһынан-үөлүнэн хааччыллыыта, куттала суох буолуута уонна тыа сирин кэскилэ быһаччы тутулуктаах. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

020040060080012 Sep 05:0210 Nov 22:0669312 Sep 05:02: 0 views10 Nov 22:06: 693 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
12 Sep 2026, 05:020
10 Nov 2026, 22:06693

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.