Саха сирин үрдүнэн оттук сезона саҕаланна Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар оттук сезона саҕаланна. Бүгүн, балаҕан ыйын 11 күнүгэр, Өлүөхүмэ улууҥугар хочуолунайдары үлэлээтилэр. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччц Сергей Киров иһитиннэрдэ. Салайар хампаанньалар олорор дьиэлэри итиинэн хааччыйар сыалтан кэмиттэн кэмигэр салгыны хачайдыыллар. Өскөтүн итиигэ сыһыаннаах боппуруостар баар буоллахтарына тутатына салайар хамаанньаттан билсэргэ сүбэлииллэр. Сайыҥҥы былааннаммыт өрөмүөн үлэлэрэ кэмигэр ыытыллыбыттар. Ититии ситимин тыраассаларыгар турбалары уларытыы, хочуолунайдарга хочуоллар кыамталарын улаатыннарыы, ууну хачайдыыр носуостары уларытыы үлэлэрэ, итини сэргэ эбийиэктэргэ турбалары, радиатордары ыраастааһын, сууйуу оҥоһуллубуттар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube