Ил Дархан Денис Кинкалак дьиэ кэргэнигэр көмөнү оҥорорго соруйда Саха уола Денис Кинкалак кырачаан кыыһы ууттан быыһаабыт, ол эрээри бэйэтэ биэрэккэ дылы кыайан тиийбэтэх. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Владивосток куоракка Токаревскай маяк аннынан муора долгуна оҕону тардыбыт. Көмө наада буолбутун Денис истэн ууга ыстаммыт. Кыыска диэри харбаан тиийбит, уоскуппут уонна биэрэккэ чугаһыппыт. Оҕону ууттан таһаарбыттар, оттон Денис күүстээх долгуҥҥа түбэһэн кыайан биэрэккэ диэри кэлбэтэх. Денис 27 саастаах. Кини Уус Ньараҕа төрөөбүт. Владивостокка барыан иннинэ «Абырал» кииҥҥэ поварынан үлэлээбит. Бииргэ үлэлээбит дьоно кэпсииллэринэн, Денис хаһан да туора турбат, туох баар күүһүнэн көмөлөһө сатыыр. Ил Дархан киин куорат салалтатыгар Денис чугас дьонноругар бары өттүнэн көмөнү оҥорорго соруйда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube