НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

🏫💠Майа аҕыс кылаастаах оскуолатын миэстэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолла Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майа сэлиэнньэтигэр «Майа аҕыс кылаастаах оскуолата» турбут миэстэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэни үөрүүлээх быһыыга арыйдылар. История чахчылара кэпсииринэн, Майаҕа оройуон үөрэҕириитин тиһигин иһинэн 1962 сыллаахха Майа аҕыс кылаастаах оскуолата тэриллэн 1993 сыллаахха диэри үгүс ыччаты билиигэ-көрүүгэ үөрэппитэ. Араас сылларга 8 кылаастаах онтон Майа ситэтэ суох орто оскуолата, кэлин Майа иккис нүөмэрдээх орто оскуолата диэн ааттаммыта. Оскуолаҕа араас омук оҕолоро советскай интернационализм тыыныгар иитиллибиттэрэ. Уопсайа 10 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччи үөрэх кыһатын бүтэрбитэ. Бэлиэ түгэҥҥэ оҕо-ыччат туһугар үлэлээн ааспыт, үөрэх-билии аартыгын арыйбыт оччотооҕу учууталлар, бэтэрээн педагогтар кыттыыны ылан үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар. Өйдөбүнньүк бэлиэ Майа аҕыс кылаастаах оскуолатыгар омук тылын учууталынан уонна дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит Дария Санникова көҕүлээһининэн оскуола турбут миэстэтигэр билигин Майатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ эбийиэгэр туруорулунна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

05001K10 Sep 10:2610 Nov 22:0692510 Sep 10:26: 0 views10 Nov 22:06: 925 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
10 Sep 2026, 10:260
10 Nov 2026, 22:06925

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.