Дьокуускайга суоппар суолу туораан испит оҕону түҥнэри көттө Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дзержинскай уонна Поярков уулуссалар быһа охсуһууларыгар «Ниссан Патфайндер» массыына 67 саастаах суоппара сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону суолга түҥнэри көппүт. Бу туһунан куорат Госавтоинспекцията иһитиннэрэр. Барыллаан иһитиннэриинэн, оҕо светофор күөҕүнэн тыган турдаҕына ыксаабакка эрэ электросамокатынан суолу туораан испит. Суол саахалын түмүгэр сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо эт-хаан өттүнэн эчэйиилэри ылбыт. Билиҥҥи кэмҥэ бэрэбиэркэ ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube