🏃🏻🏆🏅Горнайга сүүрүү марафона бастыҥтан бастыҥнары түмтэ Горнай улууһун киинэ Бэрдьигэстээх бу күннэргэ историяҕа хаалар суолталаах спортивнай тэрээһини — «СҮҮРҮК» маассабай сүүрүүнү үрдүк таһымнаахтык ыытта. Бу тэрээһин нэһилиэккэ маассабай спорт сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэми арыйда, республика араас муннугуттан 500-тэн тахса сүүрүнү, хаалыктаах хаамааччыны түмтэ. Чөл, доруобай олоххо угуйар сонун, киэҥ далааһыннаах тэрээһин Бэрдьигэстээххэ аан маҥнай тэрилиннэ. Кыттааччылар сайаапкаларын эрдэттэн хомуйан, доруобуйаларын бэрбиэркэлээн, полумарафоҥҥа табыгастаах таҥас, туттар мал биэрэн тэрээһин таһымын үрдэттэ. СҮҮРҮК полумарафон бу күн биир санаалаах 500 кыттааччыны түмтэ. Сэргэх тэрээһин Горнай улууһа тэриллибитэ 95 сылыгар уонна чэпчэки атлетиканан улууһун ааттаппыт Иннокентий Максимов төрөөбүтэ 80 сылыгар ананна. Спортивнай бырааһынньык кыра саастаах кыттааччылар — 500 миэтэрэлээх дистанцияттан сүүрүүлэриттэн саҕаланна. Салгыы сүүрүүгэ бэлэмнээхтэр 3, 5, 10, 21 км дистанцияларга бэйэлэрин кыахтарын тургуттулар. Сэргэх тэрээһиҥҥэ улуус бары нэһилиэктэриттэн, ыраах, чугас олорор биир дойдулаахтарбыт, Дьокуускай куораттан уонна атын улуустар бастыҥ сүүрүктэрэ кэлэн кыттыылара күрэхтэһии таһымын өссө үрдэттэ. Спорт араас саастаах дьону, оҕотуттан саҕалаан чэгиэн санаалаах эдэр ыччаты биир сомоҕо оҥорорун бу күн биһирии көрдубүт. Инникитин «СҮҮРҮК» тэрээһин үтүө үгэскэ кубулуйан, улуус чэпчэки атлетикатын сайыннарарга улахан тирэх буоларыгар эрэниллэр. @sakhasporttv
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 8 Sep 2026, 05:46 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 687 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.