НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🤩👏🏻«Наследие кочевников» күрэххэ ситиһии Бу күннэргэ Кыргызстан ытык сиригэр-уотугар VI Аан дойдутааҕы «Игры кочевников» күрэх тэриллэн дьон-сэргэ сөҕөр-махтайар киэҥ түһүлгэтэ төрүттэннэ. Бу киэҥ далааһыннаах тэрээһин чэрчитинэн аан дойду таһымнаах «Наследие кочевников» төрүт дорҕоон, ырыа-тойук, эпос толоруутун күрэҕэр дойду ааттаах-суоллаах ырыаһыттара-тойуксуттара, эпос толорооччулара Бишкек, Ыссык-Куль куораттар киин түһүлгэлэригэр ылбаҕай ырыаларын, добун тойуктарын дуораһыттылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин фольклорга уһуйааччыта, олоҥхону толорооччу Аксиния Степанова, 1 Тыыллыма нэһилиэгин Аркадий Алексеев аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинин уус-уран салайааччыта, олоҥхону толорооччу Виталий Никифоров ааттаан-суоллаан ыҥырыллан Кыргызстан сиригэр-уотугар тиийэн ыалдьыттаатылар, аан дойду таһымнаах күрэххэ бастыҥнары кытары атах тэпсэн олорон олоҥхолорун толордулар. Үс түүннээх күн күрэх кэннэ быйылгы Кэбээйи улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа Виталий Никифоров «Наследие кочевников» аан дойду таһымнаах күрэххэ 3 үрдэл кыайыылаах аатын ылбытынан үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэбит. Сахабыт сирин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун албан аатын ааттаппыт бастыҥ олоҥхону толорооччуларбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар Виталий Никифоровка, Аксиния Степановаҕа алаас ааттаахтара, дойду сурахтаахтара тоҕуоруһа мустубут дьоһун түһүлгэлэригэр Саха Чулуу Олоҥхотун, ырыатын-тойугун иһитиннэрэн, бар дьон сэҥээриитин, сөҕүүтүн-махтайыытын ылбыккытынан киэҥ туттабыт! Мэҥэ Хаҥалас улууһун Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Айта Васильева nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K7 Sep 00:4110 Nov 22:068697 Sep 00:41: 0 views10 Nov 22:06: 869 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
7 Sep 2026, 00:410
10 Nov 2026, 22:06869

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.