НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Yлэ кэлэктииптэрин уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытары көрсүһүүбүн салҕыыбын. Маннык кэпсэтиилэр дьону туох долгутарын ордук өйдүүргэ, чахчы наадалаах быһаарыылары ылынарга көмөлөһөллөр. 🔹Дьиэ тутар кэмбинээккэ (ДСК) тэрилтэ сайдыытын, кыаҕын, кэскилин дьүүллэстибит. Өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн кэмбинээт үлэтэ сөргүтүллүбүтэ, кэлэктиип оннунан хаалбыта. Билигин тэрилтэ салгыы сайдар былааннаах: оҥорон таһаарыыны улаатыннарар, саҥа үлэ миэстэтин тэрийэр уонна кэскиллээх кыахтары арыйар соруктаах. 🔹Ростехнадзор Ленскэйдээҕи салаатыгар анал тутуу инфраструктуратын, ОДьКХ уонна каадырынан хааччыйыы туһунан кэпсэттибит. Тиһиктээх болҕомтону эрэйэр уонна бу эйгэ үлэтигэр быһаччы дьайар боппуруостары дьүүллэстибит. 🔹Бүтүн Арассыыйатааҕы «Устуоруйа уонна култуура пааматынньыктарын харыстааһын» уопсастыба бэрэстэбиитэллэрин кытары Саха сирин историческай нэһилиэстибэтин харыстааһын туһунан кэпсэттибит. Өрөспүүбүлүкэ историческай суолталаах эбийиэктэригэр болҕомто уурар наадатын дьүүллэстибит. Олор истэригэр Саха остуруога уонна кини башнята, Дьокуускай куорат биир кырдьаҕас таас тутуута — Троицкай Таҥара дьиэтэ, ону тэҥэ Ярославскай аатынан түмэл киирэллэр. Оскуола түмэллэрин өйөөһүн уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр охтубут буойуттарбыт ааттарын төнүннэрэргэ көмөлөһөр көрдүүр-булар үлэтин тэрийии туһунан кэпсэттибит. Саха сирэ баай устуоруйалаах, онон элбэҕи өссө да чинчийэн, үөрэтэн көрүөххэ наада. Археологическай уонна историческай чинчийиилэри салгыыр, бу билиини оҕолорго, ыччакка тиэрдэр улахан суолталаах. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

05001K5 Sep 09:4610 Nov 22:069785 Sep 09:46: 0 views10 Nov 22:06: 978 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
5 Sep 2026, 09:460
10 Nov 2026, 22:06978

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.