Мииринэй оройуонугар ойуур баһаардарыттан 47 уот тирэҕэ эмсэҕэлээбит Мииринэй оройуонугар ойуур баһаардарыттан Удачнай куораты уонна Айхал бөһүөлэги уотунан хааччыйар 220 кВ кыамталаах «Вилюйская ГЭС — Айхал» уот линиятын 47 тирэҕэ умайда. Бу туһунан «Якутскэнерго» иһитиннэрдэ. Хампанньа иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 31 күнүгэр уонна балаҕан ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт саахалынан уоту хааччахтыы сылдьыбыттар. Билиҥҥи кэмҥэ төһө буруолаах буолбутун иһин «Якутскэнерго» Арҕаатааҕы электрическэй ситимнэрин исписэлиистэрэ 17 тирэҕи чөлүгэр түһэрбиттэр, үлэ салҕанар. Хаартыска: «Якутскэнерго» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube