Хаҥалас улууһугар саҥа ойуур баһаара үөскээбит Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, 15.30 чааска Хаҥалас улууһугар саҥа ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Баһаар барыллаан биричиинэтэ — уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии. Авиалесоохрана Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 2 күнүгэр сарсыарда баһаар иэнэ 20 гектарга тэҥнэспит. Уоту умуруорууга Дьокуускайдааҕы уонна Покровскайдааҕы көтөр салаа кыттар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube