НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

🎓🍂 Билии күнүнэн! Бүгүн биһиги устудьуоннарбытыгар, оскуола оҕолоругар, педагогтарбытыгар уонна төрөппүттэрбитигэр үс үөрэх кыһатыгар: Ю.А. Готовцев аатынан сервис технологическай техникумугар, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка уонна 17-с нүөмэрдээх оскуолаҕа эҕэрдэ тыллары анаатыбыт. Балаҕан ыйын 1 күнэ — ураты күн. Ким эрэ оскуола аанын саҥа арыйар, ким эрэ — устудьуон суолунан талаһар, кинилэри билии-көрүү, доҕордоһуу уонна саҥа улахан кыахтар күүтэллэр. Ыччаппыт биһигиттэн ордук хорсун, көҥүл уонна элбэҕи ситиһэргэ бэлэм. Кинилэр Саха сирин кэскилин тэрийиэхтэрэ. Судаарыстыба соруга — хас биирдии киһи бэйэтин уонна айар дьоҕурун төрөөбүт дойдутугар толору арыйар кыаҕын тэрийии буолар. Үөрэнээччилэргэ барыларыгар саҥа көҕүлээһиннэри, эрэллээх доҕоттору, чаҕылхай арыйыылары уонна улахан ситиһиилэри баҕарабын! Учууталларга күүһү, тулууру уонна махталлаах үөрэнээччилэри, оттон төрөппүттэргэ — оҕолорун үөрүүлэринэн, ситиһиилэринэн киэн туттууну! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

02004006008001 Sep 06:2410 Nov 22:067141 Sep 06:24: 0 views10 Nov 22:06: 714 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
1 Sep 2026, 06:240
10 Nov 2026, 22:06714

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.