🪖🏥СВО бэтэрээнэ Анапаҕа реабилитацияны ааста Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Семен Колодезников Анапа куоракка Россия социальнай пуондатын киинигэр биир кэлим реабилитация кууруһун ситиһиилээхтик түмүктээтэ. Бэтэрээҥҥэ профессиональнай медицинскэй көмө уонна уйулҕа өйөбүлэ эйэлээх олоххо төннөрүгэр төһүү буолла. Бу туһунан Россия Социальнай пуондатын салаатыгар иһитиннэрдилэр. Семен байыаннай дьайыыттан төннөн баран уйулҕа өттүнэн улахан ыарахаттары көрсүбүт. Социальнай пуонда исписэлиистэрэ бэтэрээни кытта сибээстэспиттэр. «Кристалл» диэн дойду биир бастыҥ реабилитационнай киинигэр чөлгө түһэрэр бырагырааманы босхо ааһарга сүбэлээбиттэр. «Мин социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар улаханнык махтанабын. Кинилэр миэхэ бэйэлэрэ сибээскэ тахсыбыттара, босхо реабилитация бырагырааматын сүбэлээбиттэрэ уонна кумааҕы үлэтин бэйэлэригэр ылбыттара. Путевканы толорбуттара, босхо көтөр докумуоннары биэрбиттэрэ. Миэхэ персональнай кураторы анаабыттара. Кини миигин кытта өрүү сибээскэ сылдьыбыта», — диэн Семен Колодезников кэпсээтэ. «Кристаллга» бэтэрээни кытта быраастар, психотерапевтар үлэлээбиттэрэ. Семеҥҥа анал бырагырааманы бэлэмнээбиттэрэ. Ол иһигэр арт-терапия, физиопроцедура, бальнео-эмтэнии киирэр. Маны сэргэ Анапаҕа муора килиимэтэ бэтэрээн доруобуйата чөлүгэр түһэригэр туһалаата. Ол курдук, Семен үчүгэйдик утуйар буолбут, араас куттал, аймалҕан сүппүт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 1 Sep 2026, 06:04 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 754 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.