⚡Дьокуускай киинигэр 1 №-дээх оскуола саҥа эбийиэгэ аһылынна Киин куоракка Билии күнүнэн 1 №-дээх оскуола 253 үөрэнээччигэ учуоттаммыт саҥа эбийиэгэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. 6,2 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх дьиэҕэ үөрэнэргэ, айарга-тутарга, спордунан дьарыктанарга бары усулуобуйа тэриллибит. Оскуола 1921 сылга олохтоммут сиригэр тутулунна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. Дьокуускай баһылыга Дмитрий Садовников үөрэнээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан уонна ситиһиини, бары үчүгэйи баҕарда. Ону тэҥэ кини оскуола үрдүк көрдөрүүлэрин бэлиэтээтэ: ааспыт үөрэх дьылын түмүгүнэн выпускниктар үрдүк үөрэххэ туттарыстылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube