⛽️Сарсын Дьокуускайга Михаил Николаев проспегар 1 №-дээх заправкалыыр ыстаансыйа үлэлээн саҕалыаҕа Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Михаил Николаев проспегар «Саханефтегазсбыт» 1 №-дээх заправкалыыр ыстаансыйата уу харчынан эбэтэр баан каартатынан уматыгы кутан саҕалыаҕа. Эрдэ заправка уматык каартатынан атыылыыра. Балаҕан ыйын 5 күнүттэн Труд уул. 4а турар 2 №-дээх заправкалыыр ыстаансыйа өрөмүөҥҥэ сабыллыаҕа. Үлэлэр алтынньыга түмүктэниэхтэрэ. Ыстаансыйа үлэтин автоматизированнай эрэһиимҥэ көһөрүөхтэрэ. Анал терминаллары туруоруохтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube