🇷🇺РФ Дьоруойа Виктор Софроновы чиэстээтилэр Бүгүн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Россия Дьоруойа аата иҥэриллибит Виктор Софроновы үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээһин сиэрэ-туома ыытылынна. «Төрөөбүт дойду үрдүк наҕараадата саха буойугар – кини хорсун-хоодуот, дьоруойдуу быһыытын чопчулуур. Виктор Андреевич дойдутун туһугар ытык иэһин чиэстээхтик толордо, саха буойуттарын хорсун суолларын салҕаата. Өлүөхүмэ, Саха сирин уонна Россия киэн туттуута», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев Макска суруйар. Саха буойуна «Зёма» диэн позывнойдаах Виктор Софронов 2022 сыл балаҕан ыйыгар быстах мобилизация чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга барбыта. Россия Дьоруойа – үрдүк судаарыстыбаннай наҕарааданы кини уһулуччулаах хорсун-хоодуот быһыытын, байыаннай маастарыстыбатын уонна ытык иэһигэр бэриниилээҕин иһин ылбыта. Виктор Андреевич анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сириттэн 13-с Россия Дьоруойунан буолла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube