👍🏻Айсен Николаев биэс бастыҥ губернатордар рейтиннэригэр киирдэ Ил Дархан Айсен Николаев 2026 сыл от ыйын уонна атырдьах ыйын түмүгүнэн губернатордар рейтиннэригэр биэс иһигэр киирдэ. Кини иннигэр Татарстан баһылыга Рустам Минниханов, Москва мээрэ Сергей Собянин уонна Чечня салайааччыта Рамзан Кадыров бааллар. Экспердэр Ил Дархан Айсен Николаев федеральнай хайысхаҕа уонна дойду бэрэсидьиэнин, федеральнай биэдимэстибэлэри кытта тоҕоостоох үлэтин бэлиэтииллэр. Сүрүн болҕомтоҕо — регион социальнай-экономическай сайдыыта, улахан инфраструктурнай бырайыактар, энергетикэ, доруобуйа харыстабыла уонна Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киириитэ. Маны таһынан, экономика көрдөрүүтүн, хотугу таһаҕаһы тиэйиини, уматыгынан хааччыллыыны, социальнай гаастааһыны, социальнай суолталаах эбийиэктэри тутууну бэлиэтээтилэр. СВО кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин, халаантан эмсэҕэлээбиттэри өйөөһүн, ону тэҥэ ыччаты, бэтэрээннэри кытта үлэ үрдүктүк сыаналанна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 31 Aug 2026, 04:03 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 896 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.