✈️⛴️Хойуу туман түспүтүнэн аэропорт уонна паром үлэлэрэ тохтоото Атырдьах ыйын 31 күнүгэр сарсыарда хойуу тумантан сылтаан Дьокуускай аэропорда үлэтин быстах кэмҥэ тохтотто. Ону тэҥэ паром сырыыта эмиэ быстах хааччахтанна: Дьокуускай-Аллараа Бэстээх, Кангалассы-Суотту, Хачыкаат-Мохсоҕоллоох. Маннык быһаарыыны пассажирдарга уонна персоналга куттала суох балаһыанньаны хааччыйар сыалтан ыллылар. Сырыы үлэтин сөргүтүү туһунан эбии иһитиннэриигэ кэтээҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube