НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Саха сиригэр тоҕус ойуур баһаарын умуруоруу салҕанар Саха сиригэр 151 507 гектар уопсай иэннээх тоҕус ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Бу баһаардар Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар бааллар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Ойууру харыстааһын, көмүскээһин уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччытын солбуйааччы Владимир Иванов иһитиннэрдэ. Ааспыт суукка устата өрөспүүбүлүкэҕэ биир ойуур баһаара умуруорулунна. Суукка саҕаланыыта Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба уонна Өлөөн улуустарыгар 59 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Умуруорууга көхтөөх үлэ бара турар: тоҕус баһаартан Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи уонна Мииринэй оройуоннарыгар баар 20 730 гектар уопсай иэннээх үс баһаары төгүрүйдүлэр. «Бу нэдиэлэҕэ бу баһаардары умуруорар былааннаахпыт», — диэн Владимир Иванов эттэ. Ойуур баһаардарын умруорууга 519 киһи уонна 35 тиэхиньикэ тардылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K24 Aug 03:2810 Nov 22:0685924 Aug 03:28: 0 views10 Nov 22:06: 859 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
24 Aug 2026, 03:280
10 Nov 2026, 22:06859

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.