⛽️Алдаҥҥа уонна Нүөрүҥгүрүгэ бэнсиин күннээҕи хааччаҕын 40 туоннаҕа диэри улаатыннардылар Томмот куоракка федеральнай суһал штабы кытта бииргэ үлэлэһии иитинэн АИ-92 мааркалаах бэнсиин эбии баартыйатын аҕаллылар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Макс мессенджергэ иһитиннэрдэ. Алдаҥҥа уонна Нүөрүҥгүрүгэ ньиэп баазаларыгар уматык сөптөөх саппааһынан хааччыйар туһуттан сорудах туруоруллубутун Ил Дархан бэлиэтиир. Атырдьах ыйын 20 күнүттэн ыйыллыбыт оройуоннарга уматыкка хааччах күннээҕи кээмэйэ 25 туоннаттан 40-ҥҥэ диэри улаатыаҕа. «Уматыгы аҕалыы салҕанар. Алдаҥҥа сарсыҥҥыттан ыла бэнсиини QR кодунан атыылааһын тохтуоҕа. Нүөрүҥгүрүгэ саппаастары толордохторуна хааччаҕы улаатыннарыахтара», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube