🇷🇺Дьокуускайга Судаарыстыбаннай былаах күнүгэр «Триколор дружбы» аахсыйа ыытыллыаҕа А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ «Триколор дружбы» норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйаны тэрийиэҕэ. Тэрээһин иитинэн ардах халааныттан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы улууһун олохтоохторугар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү, үбү-харчыны хомуйуохтара. Аахсыйа атырдьах ыйын 22 күнүгэр 15.00 чаастан киин куоракка А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «АртАтриум» былаһааккаҕа буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube