«Звезднай» дьоҕус түөлбэҕэ медицинэ өҥөлөрүнэн хааччыйыы уонна уопсастыбаннаска куттал суох буолуутун боппуруостарын дьүүллэстилэр Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын урбааҥҥа, бырамыысыланнаска, атыы-эргиэҥҥэ уонна транспорка бастайааннай хамыыһыйатын уонна социальнай өйөбүлгэ уонна доруобуйа харыстабылыгар бастайааннай хамыыһыйатын холбоһуктаах тахса сылдьар мунньаҕа буолла. Мунньах «Звезднай» дьоҕус түөлбэҕэ ыытылынна уонна саҥа олорор оройуон социальнай инфраструктуратын сайыннарыытын боппуростарыгар ананна. Бу туһунан Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube