Суукка иһигэр 11 ойуур баһаарын умуруордулар Саха сиригэр суукка иһигэр 43 223 га иэннээх 11 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Күн саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 36 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй улуустарыгар 132 635 га уопсай иэннээх сиргэ аҕыс улахан баһаары умуруоруу салҕанар. Ойуур баһаардарын умуруорууга 506 киһи уонна 36 тиэхиньикэ тардылынна. Саха сиригэр регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ үлэлиир. Муниципальнай таһымнаах ЫБМ эрэһиимэ Мииринэй, Өлөөн уонна Ньурба улуустарыгар оннунан хаалар. Ону тэҥэ, Кэбээйи улууһугар ойуур баһаардарын умуруорууга ойуур баһаарынай этэрээттэрин күүстэрин 50%-тан тахсатын тардыбыттарынан сибээстээн, муниципальнай таһымнаах ЫБМ эрэһиимэ киллэрилиннэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube