БОРБУЙ

@borbuev · news · Russian · active

Subscribers 4.8K Subscribers, last 30 days: 4.9K → 4.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 15.9%772 avg views
Posting 11.3/day last 9 hours ago
Reactions per 1K views 3.5 👍 ❤ 🤣
edited

Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Семен Михайлович Александров кулун тутар ыйтан үлэлиир✅ Кини үлэтэ суох диэн учуокка турар этэ. Госкомзанятость ыытар Үлэ дьаарбаҥкатыгар миигин көрсөн үлэҕэ ыла олорорбутун, тугун-ханныгын истибитэ, онтон миэстэтигэр кэлэн үлэни билсибитэ👍 Арыый саастаах дьоҥҥо биир кистэлэҥи этиэм, биллэриинэн кэлэрдээҕэр, Дьарыктаах буолуу кииниттэн направлениянан кэлбиккит ордук. Арай, үлэ биэрээччи аккаастыыр түгэнигэр, Госкомзанятоска аккаастаабыт биричиинэтин ыытар. Онон, направлениялаахтары үксүн барыларын ылаллар, ирдэбилгэ эппиэттиир буоллаҕына. Бэйэҥ кэллэххинэ, уопутуҥ суох диэн дуу, эдэр, туругас-олоругас наада диэн сылтаҕаран аккаастыахтарын сөп. Семен Михайлович бу иннигэр хонтуораҕа докумуону кытары үлэлээбит диэтэххэ, тимири кытта саҥа үлэтин түргэнник ылына охсон, бэккэ үлэлээтэ, үлэтин сөбүлээтэ, эрдэ эдэр эрдэххэ тоҕо билбэтэҕим буоллар диир. Үөрэнэргэ сааска хааччах суох диэн, аны, билигин Дьокуускайга уу транспорын институтугар кэтэхтэн үөрэнэ киирэн эрэр⛴️ Үлэ дьаарбаҥкатыттан быйыл элбэх уол үлэлии кэллэ, бу саас өрүс уҥуор сырыыбыт түмүгүнэн: Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарыттан кэлитэлээтилэр. Маннык тэрээһиннэргэ сылдьар буолуҥ, саатар билиэххит, атын да дьоҥҥо кэпсиэххит🙌 Подпискаланыҥ, сотору эһиилги навигацияҕа хомууру биллэриэхпит⛴️

Views over time

01002003009 Nov 04:1210 Nov 04:582959 Nov 04:12: 0 views10 Nov 04:58: 295 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
9 Nov 2026, 04:120
10 Nov 2026, 04:58295

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.