БОРБУЙ

@borbuev · news · Russian · active

Subscribers 4.9K Subscribers, last 30 days: 4.9K → 4.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 15.6%757 avg views
Posting 11.4/day last 9 hours ago
Reactions per 1K views 3.5 👍 ❤ 🤣
repost from AarTYK☀️

-Ийэҥ? -Ийэм быйыл кулун тутарга барбыта… -Мээргэ ананыаҥ эрэ иннинэ эбит дии. -Дьылҕа биири ылар, биири биэрэр курдук… Инаугурацияҕа туран ийэбин санаан наһаа уйадыйбытым. Ийэм барахсан көрөрө эбитэ буоллар төһө эрэ үөрүөх, киэн туттуох этэ диэн. – Эдьийдэриҥ куоракка бааллар? -Улахан эдьийим пенсияҕа тахсан баран көһөн кэлбитэ, биир эдьийим арыый эрдэ кэлбитэ. Ийэм уонча сыл курдук инсуллаан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытаахтаабыта. Эмиэ тулаайах улааппыта, ийэтэ 2-лээҕэр оҕолоноору өлбүт, аҕата буоллаҕына кини 17 саастааҕар суох буолбут. Эһэбин олус үлэһит киһи этэ диэн кэлин оҕонньоттор ахтар буолаллара. -Сахалар барахсаттар харыларын күүһүнэн үлэлээн-үлэлээн баччаҕа диэри кэллэхтэрэ. -Ииппит аҕам техникаҕа олох сыһыана суох этэ. Бэл, «Дружбаны» туттубата. Наар сүгэнэн, илии эрбиитинэн, бэйэтэ сүгэн-көтөҕөн үлэлиирэ. Оҕо сылдьан саастыы уолаттарбын көрөн ымсыырар этим: оттуу-мастыы, бултуу мотуордаах тыынан, массыынанан, тыраахтырынан бараллар-кэлэллэр. Биһиги буоллаҕына наар сатыы, наар илиинэн. Аны санаатахха тулуурга үөрэппит эбит. Оҕо сылдьан ону өйдөөбөт буоллаҕыҥ, оҕолорго ымсыыраҕын, аҕаҕар мөҕүттэҕин. Источник: Aartyk.ru

Views over time

020040023 Oct 02:5810 Nov 04:5843623 Oct 02:58: 0 views10 Nov 04:58: 436 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
23 Oct 2026, 02:580
10 Nov 2026, 04:58436

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.